Бүлүү улууһугар икки Герой дойдутугар дириҥ ис хоһоонноох «Үлэ килбиэнэ» сквер аһылынна

Биһиги бары билэрбит курдук быйыл 2016 сыл дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы сылынан биллэриллибитэ. Республикабытыгар барыта 100 нэһилиэккэ грант бэриллибитэ. Бүлүү улууһугар Балаҕаччы нэһилиэгэр 4,5 мөлүйүөн көрүллэн суол оҥоһуутугар, эдэр ыччакка спортивнай, детскай площадка, «Үлэ килбиэнэ» сквер о.д.а. үлэ оҥоһулунна.Ону кытта тэҥҥэ үгүс ыал киин ититэр системаҕа холбоннулар. Бу күннэргэ «Үлэ килбиэнэ» сквер арыллыыта буолан ааста. Үөрүүлээх чааһыгар ыҥырыылаах ыалдьыттар нэһилиэк ытык-мааны үлэһит дьоно, үлэ-тыыл ветераннара, тэрилтэ үлэһиттэрэ, Герой А.А.Миронов аатынан Мастаах орто оскуолатын учууталлара, үөрэнээччилэрэ, сэрии сылларын оҕолоро кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттары бука барыларын киирэр ааҥҥа итии хойуу үүттээх чэйинэн, арыылаах алаадьынан айах тутан, сквер арыллыытын СӨ культуратын туйгуна, оһуокайдьыт Николай Афанасьевич Афанасьев уоттаах-күөстээх тылынан ыытта. Үлэ скверин арыйар үрдүк чиэс нэһилиэк үлэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээх кырдьаҕас дьоммутугар, «Тоҕус» муниципальнай тэриллии нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторугар «Үлэ албан аата» III степеннээх орден кавалера Дмитрий Николаевич Алексеевка, Россия потребкооперациятын туйгуна Иван Семенович Алексеевка тигистэ. Нэһилиэк олохтооҕо, РФ потребкооперация туйгуна, алгысчыт Мария Николаевна Алексеева ытык өбүгэбит сылаас алгыһынан алгыс сиэрин-туомун толорон, дьонун-сэргэтин ыраастаата, арчылаата. «Тоҕус» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыга А.В.Васильев, солбуйааччыта А.К .Семенов үлэлээбит дьоҥҥо махтал тылы эттилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар. Түмүккэ харда тылы бу кэрэ кэскиллээх үлэни бэлэхтээбит Николай Николаевич бу үлэ барыта кэнчээри ыччат үлэни үрдүктүк тутарыгар, кыра сааһыттан сыаналыы үөрэнэригэр, биир дойдулаах үлэһит дьоммутунан киэн тутта улаатарыгар ананарын, нэһилиэгин дьонугар үтүө баҕа санаатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Сквер ортотугар турар пааматынньык сүрүн геройдара саха үлэһит дьоно, үлэлиир сэптэрин-сэбиргэллэрин туппутунан, оттуу бараары тиэтэйбит көрүҥнээхтэр. Таҥастара-саптара сайыҥҥылыы, ыарахан үлэҕэ сарсыарда эрдэттэн туран-олорон, хомунан эрэллэрэ көстөр. Үлэ үөһүгэр сылдьыбыт кырдьаҕас отчуттары кытта бэлиэр үлэҕэ мунна эриллибит кыраабыл тутуурдаах сиэн уоллара үлэ ис хоһоонун толору арыйаллар. Манна өссө дириҥ ис хоһоонноох сэттэ сэргэ, сэттэ туруйа символ уобарастар бааллар. Сэттэ сэргэ, сэттэ туруйа оҥоһук Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ мантан сэттэ дьон олорбут түөлбэтиттэн ытык сэриигэ ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарбыт сырдык кэриэстэригэр, сэрииттэн төннүбэтэхтэри үйэтитэргэ анаммыт. Сквер туохха анаммытын барытын көрдөрөр. Ол курдук, сквергэ үс улахан стела тухары нэһилиэкпит үлэһит, бу олоххо ситиһиилээх дьоммут ааттара түмүллэн үйэтийбит. Манна бааллар нэһилиэкпит чулуу дьоно, үлэ Кыһыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага» о.д.а. уордьаннар кавалердара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Россия араас салаатын үтүөлээх үлэһиттэрэ, СӨ, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуннара, РСФСР уонна Саха үөрэҕириитин туйгуннара, СӨ культураҕа туйгуннара, стахановецтар, герой ийэлэр о.д.а. Биһиги санаабытыгар, сквер кыһын да, сайын да кэрэ көстүүлээх, табыгастаах сиргэ турар. Тула өттө аһаҕас, массыына суола. Олорор дьиэлэртэн тэйиччи, хаһан баҕарар тиийэн көрүөххэ сөп. Сквергэ аныгы технология көҥүллүүрүнэн, сонун киллэһик: фонтан үлэлиэхтээҕэ оҕо аймаҕы үөрдүө дии саныыбыт. Пааматынньык турар сирэ дьон сылдьарыгар табыгастаах, олорон сынньанар сирдээх. Сквер иһигэр көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыбыт, сайыҥҥы сибэкки олордор анал иһиттэр, хааман кэрийэн көрөргө сөптөөх миэстэлээх. Нэһилиэкпит ытык үлэһит дьонугар сүгүрүйэн ааһар “Үлэ килбиэнэ” сквербит авторынан биир дойдулаахпыт, норуоттар икки ардыларынааҕы худуоһунньуктар Федерацияларын союһун чилиэнэ, муус оҥоһукка Аан дойдуга ыытыллыбыт араас күрэхтэр кыайыылаахтара, Америка Аляскатыгар тиийэ аатырбыт сүдү ситиһиилээх Степанов Николай Николаевич үтүө суобастаахтык үлэлээн туттарда. Бу чахчы наадалаах кэлэр кэнчээри ыччаты иитэр, үлэни уруйдуур үйэлээх өйдөбүнньүк «Үлэ килбиэнэ» сквер тутуллубутунан, төрөөбүт нэһилиэкпит салгыы сайдыытынан биһиги киэн туттабыт. Бу үөрүүлээх түгэни «Далбар хотуттар» нэһилиэк ырыаһыттарын түмсүүтэ, “Айылҕа оҕолоро” оскуола оҕолорун бөлөҕө ыллаан, үҥкүүлээн киэргэттилэр.

Бүлүү улууһугар икки Герой дойдутугар дириҥ ис хоһоонноох «Үлэ килбиэнэ» сквер аһылынна
© ЯСИА.RU