Николай Чуручанов Саха сирин мелодистарын Сойуустарыгар киирдэ
Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киин 65 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Быракаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Николай Дмитриевич Чуручановка СР культуратын министерствотын дьаһалынан «Саха Республикатын культуратын туйгуна» үрдүк ааты анаатылар, ону тэҥэ Саха сирин мелодистарын Сойууһун чилиэнэ буолан, Саҥа дьылы көрсөр бырааһынньык икки бүк үөрүүлээх буолбутунан Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киин коллективын эҕэрдэтигэр кыттыґһн туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Николай Дмитриевич 90-с сыллартан саҕалаан мелодия айар алыбар ылларбыта. Ол курдук, Уйбаан Ороһуунускай «Оһуокайдьыт ырыата», «Үөдүгэй вальса», «Улууһуҥ умнубат», «Эйигинэ суох ылламмат», «Айхал буоллун ырыаһыкка», «Кыайыы ыһыаҕа», Бүөтүр Одорууһап «Күн ийэм алгыһын ыламмын», «Тоҕо?», Степан Дадаскинов «Үҥкүү этэр саха кыыһа», С.Егорова «Сибэккилэр», Е.Гаврильева «Таптаа кэрэ айылҕаны», Н.Корякин «Мичийэ Куоҕа», И.Сидоров «Сайылыкка», В.Нанова-Солдатова «Кэлэ туруом Өргүөппэр», «Эйэлээх эһиэкэй», Д.Суханова «Төрөөбүт алааһым Быракаан» о.д.а. хоһооннор ырыа буолан тахсыбыттара. Онтон «Быракаан», «Дойдум миэнэ Үөһээ Бүлүүм» диэн бэйэтэ суруйбут хоһоонноругар суруллубут ырыалар. «Оһуокайдьыт ырыата» Саха сирин эстрадатын чаҕылхай сулуһа Анатолий Бурнашев репертуарыгар киирэн уостан түспэт ырыа буолла. Оттон «Эйэлээх эһиэкэй» ырыатын Василий Еремеев ыллаан, «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэ номинанынан буолан турар. Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киин уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа буолан, «Дьүөгэ», «Көмүлүөк» түмсүүлэри, Олоҥхо норуот театрын кытары араас улуустарынан гастролларынан сылдьар солбуллубат ырыаһыт уонна баянынан доҕуһуоллуур. Айымньылаах үлэтин туоһулуур «СР норуот уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин» анал бэлиэни 2011 сыллаахха анаабыттара. Николай Дмитриевич Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оскуола сааһыттан баяҥҥа оонньуурга бэйэтин баҕа өттүнэн үөрэнэн, баяна арахсыбат доҕор кэриэтэ буолбута. Оҕо эрдэҕиттэн Аркадий Алексеев, Христофор Максимов ырыаларын ыллаан, оччоттон баччаҕа диэри сыанаттан түспэт ырыаһыт. Ол да курдук, биир да концерт, үөрүүлээх тэрээһин кини ырыалара суох ааспаттар. 1990-2009 сылларга Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ кииҥҥэ уус-уран салайааччынан үлэлии сылдьыбыта. Бу кэмҥэ тымныы оҕонньоттор кһрэстэрин тэрийэн саҥа арыйыыны оҥорбута. «Дьүөгэ» бэтэрээн дьахталлар түмсүүлэрин тэрийии Николай Дмитриевич көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Бэйэтэ эр дьон «Кулуһун» ырыа бөлөҕүн кыттааччыта. Ырыа куттаах киһи араас таһымнаах куонкурустарга кыттан мэлдьи биһирэнэр бириистээх миэстэлэргэ сылдьар. Күндү Николай Дмитриевич, эдэрдии эрчимҥин ыһыктыбакка этэҥҥэ сылдьан айымньылаах үлэҥ өссө да ситиһиилэнэ турдун, ырыа куттаах дууһаҥ кырдьыбатын, ылбаҕай ырыаларгын дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр таһааран махтал тылларын, биһирэбили, ытыс дохсун тыаһын ыла тур диэн туран тус бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр, кэнчээри ыччаттаргар кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.