Чурапчыга оҕо талаанын кыра сааһыттан таба көрөн арыйыыга ситимнээх үлэ ыытыллар

Быйылгы үөрэх дьыла Чурапчытааҕы “Улыбка” оҕо сайдар киинигэр кэккэ уратылардаах саҕаланна. Үбүлүөйдээх 55 сылбытын иитиллээччилэр, иитээччилэр, төрөппүттэр, ветераннар үөрэ-көтө көрсөн, уруккуну-хойуккуну санаһан, инникини торумнаһан үлэлии сылдьабыт. Дьокуускайга ыытыллыбыт үөрэх үлэһиттэрин олунньутааҕы сүбэ мунньахтарыгар биһиги уһуйаан “Одаренный ребенок” проекка пилотнай оҕо тэрилтэтэ буоларбытынан, иитээччилэрбит “Одаренное образование — для всех» былаһааккаҕа маастар-кылаастары көрдөрдүлэр. Оҕолорбут чуор куоластара кэлбит ыалдьыттары барыларын сөхтөрдө, элбэх киһи болҕомтотун тарта. Проект салайааччыта, историческай наука доктора, Москва педагогическай Академиятын профессора, Российскай федерация экономическай сайдыытын министерствотын тас атыыга-эргиэҥҥэ бүтүн Россиятааҕы академиятын чилиэнэ, РФ президенин стратегическай инициативаларга агенствотын экспера Ирина Комарова иитээччилэрбит үлэлэрин олус сэҥээрэн, болҕомтотун ууран, уталыппакка аҕыйах хонугунан биһиэхэ ыалдьыттыы кэллэ. Ирина Ильинична уһуйаан үлэтин тутулун, философиятын сэҥээрдэ, дьаныһан туран иитээччилэр проектарын билистэ уонна 6 хайысханан үлэбит уопутун тарҕатарбытыгар, Российскай педагогическай “Виртуальный детский сад” сурунаалыгар статья быһыытынан таһаарарбытыгар сүбэлээтэ: “Тоҕус томтор тойуга” – сахалыы эйгэнэн иитии – Беляева А.И. ;“Уол оҕону иитии” – “Оотуй” уолаттар бөлөхтөрүн үлэтин уопута – Васильев Н.Н. , “Хаппахчы кистэлэҥнэрэ” — кыыс оҕону сахалыы этноэтикет нөҥүө иитии – Пономарева С.П.; “Тиһилик” телестудия – оҕону медиа үөрэххэ сыһыарыы — Саввина М.П.; “Шахматы оҕолорго” — оҕо логическай толкуйун сайыннарыы — Васильев Н.Н., “Сандаара” оҕо ансаамбыла — музыкальнай сайыннарыы — Макарова Л.Ю. Бу хайысхалартан Ирина Ильинична ордук “Тиһилик” телестудия үлэтин сэҥээрдэ, ыыра киэҥин, таһымын сөхтө. Телестудия салайааччыта туйгун категориялаах иитээччи Саввина М.П. “Оҕо уонна айымньы” (айымньыларга куонкурус), “Тиһиликкэ оҕо саас” (видеокуонкурус) бырайыактар ааптардара, бу саҥа түмүктэммит “Тиһиликкэ оҕо саас” видеокуонкурус хаамыытын, тумуктэрин билиһиннэрэр: «Кыра саастаах оҕону аныгы кэм технологияларыгар уһуйуу, сыһыарыы кэм ирдэбилинэн буолла. Үөрэх тэрилтэлэригэр телестудиялары арыйыы кэскиллээх, киэҥ хабааннаах дьаһал буолар. Бу салааҕа оҕо саҥара иҥэрэ, тутта-хапта үөрэнэрин таһынан, техническай эйгэ өрүтүн билэ, туһана улаатарыгар төһүү күүс буолар. Стандарт ирдэбилинэн, оҕо сайдар эйгэтин тэрийэргэ болҕомто ууруллуохтаах. Аныгы технологиялары туһанарбыт таһынан, аудио-видео үлэлэри, пособиелары бэйэбит оҥорон таһаарарбыт оҕолорбут сайдыыларыгар сүҥкэн кылаат буолар. Уһуйааннары, оскуола алын кылаас оҕолорун медиа үөрэҕириигэ сыһыарыы үлэтин кэҥэтэр-элбэтэр сыаллаах, Чурапчытааҕы үөрэх управлениетын өйөбүлүнэн, «Улыбка» уһуйаан көҕүлээһининэн, СахаНКиК Чурапчытааҕы «Маарыкчаан» филиалын кытары “Тиһиликкэ оҕо саас” диэн холбоһук бырайыагы олоххо киллэрдибит. Күрэхпит үс араас көрүҥүнэн ыытылынна. Тележурналистика, мультфильм оҥоруута уонна ырыанан клип уһулуутугар. Уһуйаан саастаах оҕолор уонна алын кылаас үөрэнээччилэрэ салайааччыларын кытары оҥорон таһаарбыт үлэлэрэ көрүлүннүлэр. Араас улуустартан уопсайа 55 үөрэх тэрилтэлэриттэн араас көрүҥнэргэ үлэлэр киирдилэр. Ордук ырыанан клип устуутугар уонна мультфильм оҥоруутугар элбэх айымньылаах үлэ киирдэ. Тележурналистикаҕа интервью, сюжет, репортаж быһыытынан ыйыллыбыт темаларга үлэлэр эмиэ бааллар.“Тоҕочоон» балаһаҕа оҕо айылҕаттан, тулалыыр эйгэттэн биир болҕомтону тардар теманы булан, арыйан, хасыһан билэн, «Тоҕо» диэн ыйытыкка толору эппиэти көрөөччүгэ тириэрдиэхтээх. Оҕо саҥата, туттара -хаптара, сюжет толорута, өйдөнүмтүөтэ, техническай уһулуу хаачыстыбата сыаналанна. “Сатабыл” балаһаҕа оҕо оҥоһук оҥорон көрдөрдө. Туох матырыйаалтан, хайдах оҥоһулларын сиһилии көрдөрөн олорон, кэпсээн-ипсээн тиэрдиитэ, техническай өрүтэ сыаналанна. “Үтүө үгэстэр” балаһаҕа оҕо дьиэ кэргэнин, киэн туттар дьонун үгэстэрин көрөөччү болҕомтотун тардар гына кэпсээһинэ, толору арыйан көрдөрүүтэ көрүлүннэ. Мультфильм көрүҥэр олус элбэх үлэ киирдэ. Ордук Таатта, Уус-Алдан бу көрүҥҥэ күүскэ үлэлииллэрэ хайҕаллаах. Пластилинтан, сыахайтан, куукуланан оҕону сэҥээрдэр үлэлэр элбэхтэрэ үөртэ. Ону таһынан кумаҕынан анимацияҕа үлэ эмиэ болҕомтону тарта. Саамай элбэх оҕону хабар дьаһалынан, кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы биир уустук көрүҥүнэн ырыанан клиптары уһулууга ананна. Үөрэх тэрилтэлэрэ бу эйгэҕэ улахан болҕомтону уураллара олус элбэх үлэ киирбититтэн көстөр. Холобур буолар үлэлэртэн саҕалаан саҥа саҕалыыр дьон айымньылара эмиэ бааллар. Клип ырыа ис хоһоонун арыйыытыттан саҕалаан, техническай хаачыстыбатын, оҕо тутта-хапта, артыыстааһына, ырыа тэтимигэр сөп түбэһэр көстүүнү биэриитэ сыаналанна. Үлэлэр киэҥ эйгэҕэ туһаныллар ис хоһоонноох, хаачыстыбалаах буолуулара күүскэ көрүлүннэ». 1 из 4 Бастакы хараҥаччы бырайыак ис-тас моһуонун амсайан, олус элбэх солун үлэ киирбититтэн астынан, инникитин хайысхатын чочуйар, кэҥэтэр сыаллаах түмүктээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Петр Васильевич Слепцов НВК Саха «Маарыкчаан» Чурапчытааҕы филиалын директора, Беляева Анисья Иннокентьевна “Улыбка” уһуйаан методиһа, Мария Петровна Саввина “Улыбка” уһуйаан педагога, Артемьева Светлана Васильевна «Березка» уһуйаан учуутал логопеда, Саввин Самсон Гаврильевич «Радость» оҕо айымньытын киинин педагога, Монгуш Дортунай Геннадиевич “Айылгы” культура уонна духуобунас киинин специалиһа үлэлэстилэр. Муҥутуур кыайыылааҕы биир санаанан Таатта улууһун Ытык-Күөллээҕи «Сулусчаан» уһуйааҥҥа, бары көрүҥҥэ хаачыстыбалаах солун үлэлэринэн баһыйарынан анаатыбыт. Күрэх кыайыылаахтарын үлэлэрин YouTube «Тиһилик» каналга көрүөххүтүн сөп.

Чурапчыга оҕо талаанын кыра сааһыттан таба көрөн арыйыыга ситимнээх үлэ ыытыллар
© ЯСИА.RU