Гавриил Колесов саха олоҥхотун тарҕатыыга уонна үйэтитиигэ кылаата

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Аллараа Бэстээххэ, Г.Г.Колесов төрөөбүтэ 85 сааһыгар, Н.И.Степанов – Ноорой төрөөбүтэ 120 сылларыгар аналлаах Өрөспүбүлүкэтээҕи научнай – практическай кэмпириэнсийэ тимир суол техникумугар буолла. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара тоҕус олукка хайдыһан үлэлээтибит. Мин «Саха сирин түөлбэлэрин уос номоҕор сылдьар олоҥхоһуттарын толорор ньымаларын уратытын түмэн ырытыы» диэн ааттаах бастыкы олукка кытынным. Бу олукка эксперт быһыытынан кыттыыны ыллылар Илларионов В.В., Попова Г.С.- Санаайа, Решетникова А.П., Обоюкова В.В. «Саха фольклорун хомуйааччы, түмээччи Егор Егорович Лукин – Түммүт Дьөгүөр 100 сааһын көрсө, үйэлээх экспедиция” диэн ааттаах дакылааппын билиһиннэрдим. Е.Е.Лукин – Түммүт Дьөгүөр биһиги биир дойдулаахпыт. Булгунньахтаахтан төрүттээх. Биһиэхэ, хаҥаластарга, олохтоох ырыаһыттар ырыаларын, хоһооннорун, таабырыннарын, чабырҕахтарын, олоҥхолорун, остуоруйаларын, алгыстарын хомуйан, сурукка суруйан түмэн хаалларбыт, норуот тылынан уус-уран айымньыта симэлийбэтин туһугар турууласпыт сүҥкэн улахан кылаатын киллэрсибит, сүдү киһибит буолар. Кини биэс уонтан тахса үлэтэ гумманитарнай научнай-чинчийэр институтка харалла сытар, Е.Лукин үлэлэрэ үчүгэйдик үөрэтиллэ-чинчийиллэ иликтэр уонна олоҥхону үйэтиппит дьоҥҥо улахан болҕомто уурулла илик диэн сыалтан, быйыл Хаҥалас улууһун култууратын салалтата, ИГИ институтун научнай сотруднигын кытта Светлана Дмитриевна Мухоплева, Егор Лукин ииппит кыыһа Любовь Егоровна Санникова кыттыылаах Е.Е.Лукин 2018 сылга 100 сылын көрсө Түммүт Дьөгүөр олорбут, үлэлээн ааспыт улуустарынан Хаҥалаһынан, Чурапчынан, Горнайынан кини үлэтин сырдатар, чинчийэр, үтүө аатын үрдүктүк тутар сыаллаах экспедиция бырайыагын тэрийэн, улууспут депутаттарын бэрэссэдээтэлэ, Хаҥалас улууһун Олоҥхо Ассосиациятын бэрэссэдээтэлэ Б.П.Протодьяконов өйөбүлүнэн, үлэбитин саҕалаан эрэрбитин сырдаттым. Мустубут дьон сэҥээрэн иһиттилэр, Аиза Петровна «Хаҥалас Боотур» олоҥхотун мультфильм оҥорорго этии киллэрдэ. Иккис олук — «Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону толорооччу, айааччы дьон таһымнара, репертуардара (удьуордааһын, утумнааһын, республикаҕа ыытыллар үгэс буолбут күөн күрэстэр, фестиваллар уопуттара). Манна СӨ үөрэҕэрии туйгуна, сцена бэтэрээнэ, «Түһүлгэ» култуура киинин исписэлииһэ, Хаҥалас олоҥхотун үйэтитиитигэр сүҥкэн кылаатын киллэрсэ сылдьар ытык бэтэрээммит Семенова Пелагея Петровна кыттыыны ылла. «Олоҥхону тарҕатыыга общественнай түмсүүлэр ыытар үлэлэрин суолтата» олукка сэргэх кэпсэтиигэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын сүрүн исписэлииһэ, Хаҥалас улууһун Олоҥхо Ассосиациятын эпиэтинэстээх сэкэрэтээрэ Охлопкова Антонина Егоровна кытынна. Уопсай мунньах түмүгүнэн экспертнай хамыыһыйа үлэһиттэрэ Олоҥхо Ассосиациятыгар элбэх общественнай тэрилтэлэр тэриллибиттэрин, олохтоох баһылыктар Олоҥхо үйэлээх үлэтигэр кыттыһан эрэллэрин бэлиэтээтилэр. Итиэннэ мунньах түмүгүнэн рекомендация ылыннылар. РСФСР үтүөлээх, САССР норуодунай артыыһа, Олоҥхо ЮНЕСКО-ҕа киирэригэр сүдү кыылаатын киллэрсибит, үтүөкэннээх киһибит Гавриил Колесов сырдык аатын үйэтитэн, Олоҥхо тыйаатырыгар кини аатын иҥэрэргэ диэн мунньах кыттыылаахтара илии баттааһыннаах этии киллэрдибит. Бу кэмпириэнсийэ түмүгүнэн көрдөххө, улуус бары нэһилиэктэрэ Олоҥхону үйэтитиигэ, сайдарыгар бары сэмэй кылааттарын киллэрсэн, үлэлэһэн олус элбэх хайысхалаах үлэни ыыталларын, олоҥхоһуттарын үйэтиппиттэрин сэргии көрдүбүт, иһиттибит.

Гавриил Колесов саха олоҥхотун тарҕатыыга уонна үйэтитиигэ кылаата
© ЯСИА.RU